Олунньу 7 күнүгэр, сылын аайы уол оҕону дойдуга тапталын ырыаннан тиэрдэр сыалтан ыытыллар ырыа күрэҕин нэһилиэктээҕи туура буолан ааста.
Курэххэ уопсайа 6 соло, 1 дуэт, 4 ансаамбыл, 1 трио кыттыыны ыллылар.
Кыраттан улаханыгар тиийэ уолаттар көхтөөхтүк кытыннылар🤩👍🏽👏🏽
Күрэх түмүгүнэн сааһынан арахсан кыра бөлөххө:
*Гран-При* — Илья Христофоров «Тугутчаан» оҕо уһуйаанын бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччитэ.
*Лауреат 1* — Иван Николаев Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 3 кылаас үөрэнээччитэ.
*Лауреат 2* — Дуэт: Демъян Евстафьев, Аскольд Николаев «Тугутчаан» оҕо уһуйаанын кыра бөлөх иитиллээччилэрэ.
*Лауреат 3* — Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 3 кылаас үөрэнээччилэрэ.
*Дипломант 1* — Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 1 кылаас үөрэнээччилэрэ.
*Дипломант 2* — Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 2 кылаас үөрэнээччилэрэ.
*Дипломант 3* — Айсен Николаев Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 1 кылаас үөрэнээччитэ.
Үрдүкү бөлөххө:
*Гран-При:*- Айдын Евстафьев Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 5 кылаас үөрэнээччитэ.
*Лауреат 1* — Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 6 кылаас үөрэнээччилэрэ.
*Лауреат 2* — Иван Николаев Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 3 кылаас үөрэнээччитэ.
*Лауреат 3* — Данияр Лукинов Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 4 кылаас үөрэнээччитэ.
*Лауреат 3* — Дьэлиҥдэ орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар.
Уолаттарга үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, чыпчааллары баҕаран туран кыайыылаахтары Оройуоҥҥа кытта баралларыгар путевка бэриллинэ👏🏽👏🏽👏🏽👏🏽